Page 98 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 98

кынаттарын даллатан кырдал устун сырсыакалаһаллар,
      хойуу талах, хатыы күлүгэр сытан ылаллар.

            Улуу көтөрдөрү ким да уйгуурдуон баҕарбатах, хата,
      бары көрөн астына, саҥаларын истэн дуоһуйа сылдьы-
      быттар. Улахан дьон оҕолору сэрэтэр идэлэммиттэр:

            — Оҕолоор, эдэр дьон сэрэниҥ. Айылҕа мааны-
      лаах кыылларын тыыппат буолуҥ. Ити аата Эбэбитин
      сөбүлээтэхтэрэ, сырыттыннар, олохсуйдуннар.

            Кубалар даҕаны дьон кыһамматыттан эр ылбыт кур-
      дук күөлү тула көтөр, талбыт сирдэригэр түһэн аһыыр,
      дьаарбайар буолбуттар. Тыылаах да дьону чугаһаталлар.
      Ону көрө-көрө олохтоохтор бары үөрсэллэр. Кырдьык
      даҕаны, кубалар барахсаттар кылбайа уста сылдьаллара
      олус кэрэ, үчүгэй этэ.

            Арай биирдэ бу дойдуга биир эдэр киһи аймахтары-
      гар күүлэйдии кэлбит. Күнүс дьиэлээхтэр үлэҕэ барбыт-
      тарын кэннэ саа ылан, күөлгэ киирбит. Тыыга олорон,
      уста сылдьар кубаларга чугаһаабыт. Кубалар киһиэхэ
      үөрүйэх буолан, улаханнык кыһамматахтар. Ол икки ар-
      дыгар били киһи саатын ылан, биир кубаны ытан саай-
      быт. Табыллыбыт куба кылана* түһээт, икки кынатынан
      ууну таһыйан барбыт. Ол даллаахтыы сылдьар кубаны
      киһи иккиһин ыппыт. Үсүһүн ытаары харан хаалбыт бо-
      туруонун хасыһа олордоҕуна, доҕорун былдьаппыт биир
      куба икки атаҕын тыраадыппытынан тыы иннигэр кэлэн
      хоруйа түспүт. Айаҕын кытарчы аппытынан тыыга түс да
      түс буолбут. Булчут ыксаан, эрдиитинэн кубаны түөскэ
      охсубут. Онуоха куба куһаҕан баҕайытык саҥаран баран,
      кэннинэн кэдэрийэн, бэрт ыараханнык өрө көтөн тахсы-
      быт. Онно киһи кытыыга тахсыар диэри үөһэнэн эргийэ
      көтө сылдьыбыт.
98
   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103