Page 99 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 99

Өлбүт куба икки хараҕын сабан, кынатын ыһыктан,
маа бэйэлээх күөкэйбит моонньун бүк быраҕан, «эн
миигин тoҕo бу айылаах кэбилээтиҥ, күн сырдыгыттан
матардыҥ» диэххэ айылаах сытаахтаабыт. Өлөрүөхсүт ону
көрөн уонна тыыннаах хаалбыт куба доҕорун аһыйбыт
саҥатын санаан, хайдах эрэ этэ салаһан* ылбыт. Куба-
тын ылан, aҥaаp илиитигэр саатын тутан, дьиэтигэр тах-
сыбыт. Ол иһэн көрдөҕүнэ, көтө сылдьыбыт куба кытылга
түһэн, кини ханна киирэрин кэтэспит курдук моонньун
уһатыаҕынан уһатан, көрөн олорор эбит.

     Соҕотох хаалбыт куба барахсан доҕорун көрдөөн, күн
тура-тура күөлү тула көтөр, араас куолаһынан caҥapa-
caҥapa дьиэни эргийэр идэлэммит. Сайыны быһа ол
курдук сылдьыбыт. Биирдэ күһүөрү сарсыарда куба үөһэ
көтөн тахса-тахса, кынатын ыһыктан хаста да таҥнары
сурулаан түһүтэлээбит. Ууга тиийиэхчэ буола-буола өрө
көтөн тахсыталаабыт. Ону көрбүт дьон ити өлбүт доҕорун
кытта бырастыылаһар диэн быһаарбыттар.

     Онтон биир сарсыарда эмискэ куба суох буолан
хаалбыт. Ити кэнниттэн Эбэ хайдах эрэ кураанахсыйан,
үтүө көтөрү суохтаабыт курдук чуумпуран, эрэһэ долгуна
кытылы оргууй бигии сыппыт.

     Күн-ый биллибэккэ-көстүбэккэ ааһан испит. Көмүс
күһүн күрэнэн, кырыа хаар үллүктээх кыһын обургу
кэлэр. Онтон сааскы ылааҥы* сатыылаан, сир-дойду
эмиэ уһуктан, сир ахсын чыычаах ырыата, көтөр саҥата
күйгүөрэр. Куорсуннаах бииһин yyha эргийэн, сааһыттар
эмиэ дурдаҕа хоноллор.

     Арай былырыыҥҥы саҕана биир үтүө күн сүрдээх
үөһэнэн куба кыната кылбалдьыйан кэлбит. Сыыйа нам-
таан, күөлү эргийэ көппүт уонна Эбэ ортотугар, былы-

                                                                                          99
   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104