Page 94 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 94

күүһүрэн дьүүлэ-дьаабыта биллибэттик куугунатан бар-
      да. Тэхтиртэн тэбинэ-тэбинэ, таас хайалар очумаас
      арҕастарын кумалаан эрэр курдук, тэбиэһирэ-тэбиэһирэ
      дэлбэритэ барар икки-үс этиҥ арыалдьыттанна. Былыт
      сыыйа тэнийэн, этиҥэ сөҕүөрэн, сөрүүн илгэлээх ардах
      киэһэни быһа суккуйда.

            Сарсыарда эрдэ уһуктан, хайдах күн буолбутун билээ-
      ри түннүгүм сабыытын аһабын. Халлаан уоҕа-кылына тах-
      сан, көнньүөрбүттүү ыраастанан чэмэлийбит. Саҥа тахсан
      эрэр күн сыыр быллаарын ааҕан, көмүс сардаҥатынан
      дуйдаабыт. Үтүө күн үүммүтүн көрсөөрү таһырдьа тах-
      сабын. Уулусса килэйэн сытар. Бадараана суох кырыс
      устун хаамаары сыыры дабайабын. Сир-дойду утаҕа ха-
      нан, суунан-тараанан тупсубута сүр, холкутугар түһэн
      наскыйбыт. Көтөр-сүүрэр көрүлээбит, күөрэгэйдэр, бэйэ-
      бэйэлэриттэн өрүһүспүттүү, кынаттарын төбөтүн тыры-
      бынатан биир сиргэ битийэллэр, үөрүү-дьол ырыатын
      ыһаллар. Ол ахсын сир-дойду ордук тупсарга, киэркэ-
      йэргэ, от-мас нуоҕайа хоҥкуйарга дылылар. Көрөн тур-
      дахха, сибэкки apaaha эгэлгэ өҥнөрүнэн арына тарды-
      нан, ол көмүс дорҕоону истэ сатыыр курдуктар.

            Туох да кыһалҕата суох мин ыраас санаа аргыста-
      нан аа-дьуо хааман иһэбин. Сылгы чыычааҕа иннибин
      быһа көттө. «Ээ, били сири үүттээччилэр ыспыт цемен-
      нээх куулларын анныгар сымыыттаабыт чыычаах доҕоро
      сырыттаҕа» дии санаан, ханна түһэрин кэтэстим. Сэрэй-
      битим курдук, тыал үүрэн илдьэн оҥхойго хаптаччы бы-
      рахпыт кубарыйбыт кумааҕы куул таһынааҕы чөҥөчөккө
      түстэ. Toҕo эрэ тулуйбат-тэһийбэт, биир сиргэ тохтуу
      түспэт, туттара-хаптара сыыдамсыйбыт, өссө туох эрэ
      уратыламмыт. Бай! Уһун баҕайытык бычыгыраан саҥарар,
94
   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99