Page 89 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 89
5. Айымньыны үһүс сирэйгэ уларытан сиһилии кэп-
сээ.
Ол саас көтөр-сүүрэр хойуутук кэлбитэ. Оҕолор элбэх
куһу бултаабыттара. Мин эмиэ оҕолортон хаалсыбатаҕым.
Ол иһин дьонум оҕобут сааһыт буолсу диэн ибир-сабыр
кэпсэтэллэр. Мин ону истэ-истэ уҥуоҕум халыр босхо
барыар диэри үөрэрим.
Арай биирдэ туран сайыҥҥы күн ортотун саҕана
аҕам сиэр атын миинэн, сааланан Курула диэн ааттаах
көтөрдөөх күөлгэ кус ыта бардым.
Күөлгэ чугаһаан истэҕим аайы аппа-дьаппа, аҥхай-
бадараан элбээн истэ. Оттон мин күөлгэ төһө көтөр баа-
рын одуулаһа иһэбин.
Эмискэ атым сирэйинэн барда. Көрө түспүтүм, атым
күөл ыксатынааҕы киэҥ бадарааҥҥа батыччахтаан эрэр.
Түһээри гынабын — бокуой биэрбэт, тохтото сатыыбын —
эмиэ тохтообот, онтон өрө тэбэ-тэбэ ыстанна, миигин
үөһэ өрө тэбэн таһаарда. Мин ыҥыырбыттан арахсан
хааллым. Уулаах бадарааҥҥа тоһоҕо курдук батары саал-
ла түстүм. Түспүт омуммар сирэйдиин-харахтыын бада-
рааннаах уу саба ыһан кэбистэ. Мэктиэтигэр айахпар,
кулгаахпар, харахпар киирдэ.
Ыксаан мөҕүс да мөҕүс буоллум, туох да туһа тах-
сыбата. Хата эбии тимириэх курдукпун. Икки илиим ик-
киэн аллара этилэр. Баттахпыттан сүүрэр ньамахтаах*
уу кулгаахпар, харахпар киирдэ, хараҕым тугу да көрбөт
буола аһыйан барда.
Өөр-өр мөхсөн-мөхсөн, уҥа илиибин ороон таһаардым.
Сирэйбин соттуохпун баҕарбытым да, илиим барыта ба-
дараан.
89