Page 84 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 84
миигин көрөөт, эмиэ кыыһырбыта, куттуурдуу туттубута,
боотурҕаан чаҥырҕаабыта.
— Куттаныма, эйигин тыытыам суоҕа, — дии-дии, ар-
дьаахтарбын көрө ааспытым.
Төннөн иһэн, эмиэ балык быраҕаттаан биэрбитим. Ол
курдук, күн аайы мин балыгынан аһатар идэлэммитим.
Уонча хонон баран, кини миигиттэн куттаммат буол-
бута. Онтон хас да хонугунан миигин көрөөт, утары
сүүрэн кэлэр буола үөрэммитэ. Ол эрээри сэрэхтээх
соҕустук туттара.
Сайын ортото кыната үтүөрэн, көтө дайар кыахтам-
мыта. Ол гынан баран тиититтэн син биир арахпатаҕа.
Миигин үөрбүт курдук көрсөрө, ууммут собобун илии-
биттэн кэлэн сиир буолбута. Ол курдук, биһиги улам
бодоруһан, доҕордоһон испиппит.
Сайын ааһан, от-мас хагдарыйан, күһүн кэлбитэ. Ба-
лык ардьаахпар киирбэт буолбута. Хотойу аһатыахтааҕар,
бэйэбит да күөстэнэр балыкпыт көстүбэт этэ.
Аны хара тыа аһатаарай диэн саалана тахсыбытым.
Ол саҕана хотойум үчүгэйдик көтөр буола үтүөрбүтэ.
Били хотойум дьиэлэммит тиитигэр кэлбитим. Хотойум
мас төбөтүгэр тахсан дьохсойон олороро. Миигин кө-
рөөт, сиргэ түспүтэ уонна утары кэлбитэ. Мин саабын
көрдөрө-көрдөрө:
— Балык суох, ойуурга бултуу баран иһэбин, — дии-
бин, кэпсэтэн эрэрдии, доҕор оҥостон кэбиспит көтөр-
бөр. Уонна туораан, ойуур иһигэр киирэбин.
Хотой маҥнай хааман, онтон иннибэр-кэннибэр түһэн,
мастарга олоро-олоро, батыһан испитэ. Ол курдук баран
иһэн, хотойбун харахпыттан сүтэрэн кэбистим. Сотору
ойоҕолуу соҕус чаҥыргыыр саҥатын истибитим. Доҕорбун
84