Page 83 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 83
туһунан кэпсээн барар. Оччотооҕуга биһиги Амма өрүс
кытылыгар, ойуурга үүтээн туттан, олорбуппут. Биһиги
үүтээммититтэн чугас соҕус элгээн* баара. Бэрт элбэх
соболоох этэ. Саас, балык ыамын саҕана, собото күөл
кытыытыгар тахсан, иэнинэн лаһыйар буолара.
Арай биирдэ күөлбүтүгэр собо ардьааҕын* укпуппутун
көрө баран иһэн, суолбар улахан тиит төрдүгэр хотой
түһэн олорорун көрбүтүм. Хаппыт мутугу ылан, хотойу
охсоору гыммытым. Оҕо эрэ үгэһэ эбээт — тугу көрөр
да, барытын бултаһыан баҕарар. Онуоха түүтүн сахсаппы-
та, кэннинэн чинэрийэ-чинэрийэ, саҥаран чаҥырҕаабыта.
Охсоору чугаһаан баран, өйдөөн көрбүтүм — биир кы-
ната баастаах этэ, кып-кыһыл хаан таммалыы сылдьа-
ра. Тоҕо охсубатахпын күн бүгүнүгэр диэри билбэппин.
Аһыммытым эбитэ дуу, куттаммытым эбитэ дуу — тыып-
пакка ааспытым.
Ардьаахтарбын көрөн, элбэх балыгы тымтай* муҥунан
сүгэн, дьиэбэр эргиллэн иһэн, били хотойу көрөн ааспыт
тииппэр кэлбитим — кини урукку сиригэр олороро. Мин,
бааһыран, хаана тохто сылдьарын көрөн, аһынан, хас да
собону ылан, быраҕаттаан биэрбитим. Хотой, кыыһыран,
түүтэ адаарыс гына түспүтэ, харахтара өһүөннээхтик*
күөх уотунан умайбыттара, таҥалайын* чаҥырҕаппыта
уонна, мин быраҕаттыыр соболорбуттан куттаммыт кур-
дук, кэннинэн чинэрийбитэ.
— Акаары, тоҕо куттанаҕын, аччык буолуоҥ, — диэн
сэмэлии-сэмэлии, ааһа турбутум.
Сарсыҥҥытыгар эмиэ ардьаахтарбын көрө баран
иһэн, тииккэ кэлэн көрбүтүм, хотойум олорор этэ, оттон
бэҕэһээ быраҕаттаабыт соболорум суохтара. Хотойум,
83