Page 81 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 81
— Миша, хайдах да маннык салҕанан барыан табыл-
лыбат. Эйиэхэ хайалара ордугун тал — Пушок эбэтэр
Васька? Кинилэртэн биирдэстэрэ дьиэҕэ наадата суох.
Киэһээҥҥэ диэри быһаар, биһиги үлэбитигэр биир дьээ-
дьэ хайаларын баҕарар ыларга сөбүлэспитэ.
— Сөп, сөп, — диэтэ ийэлэрэ, — талыахха наада.
Кыбартыырабыт зоопарк буолла.
— Мин иккиэннэрин сөбүлүүбүн, — Миша ытаары ык-
сатта.
— Түксү! — аҕалара кытаанах куолаһынан эттэ. —
Бүтэһиктээхтик быһаарылынна. Тал! Эйигин ким да тиэ-
тэппэт, бүтүн күн баар.
Миша күнү быһа, оонньообокко эрэ, толкуйга түстэ.
Кини доҕотторуттан хайалара наадата суоҕуй? Пушок-
туун сасыһан оонньуурга үчүгэйиэн! Кини кыайан бул-
батаҕына, баарын биллэрэн, үрэрдиин дьикти! Оттон
Васька, түүлүүн-өҥнүүн ньалҕааран, хайдахтаах курдук
эриэккэһий!
Уолчаан күнү быһа сыымайдаата. Киэһэ аҕата ыйытта:
— Хайатын таллыҥ?
Миша кытаанахтык эппиэттээтэ:
— Таллым!
— Хайдах? — муодарҕаата аҕата, иикиэннэрин хаал-
ларарга көрдөһөн ытыа дии санаата. Ийэтэ эмиэ муо-
дарҕаата.
— Дьиэҕэ хайалара наадата суох эбитий?
— Миигин илдьиҥ, — Миша хараҕыттан уу-хаар баһан
туран нэһиилэ саҥарда.
— Акаарычаан, — ийэтэ кууһан ылла. — Биһиги эйи-
гинэ суох тугу гыныахпытый?
Аҕалара, хоско хаамыталыы-хаамыталыы, эттэ:
81