Page 93 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 93

Михаил Тролуков
ЧЫЫЧАА¡ЫМ

1. Айымньыны болҕойон аах. Туох туһунан кэпсэнэ-
   рий?

2. Айымньыга билбэт тылларгын тылдьыты туһанан
   быһаар.

3. Ааптар «саарбах санаа ыалласта...» диэн тугу этэ-
   рий?

4. Кэпсээн бастакы чааһын өссө аах, хараххар тугу
   көрөҕүн?

5. Кэпсээни хас чааска араарыахха сөбүй?
6. Былааны тутуһан, толору кэпсээ.

     Сарсыарда тыала суох ып-ыраас халлаантан күн сы-
рылаччы тыган өҥүрүк куйаас буолбута. Эбиэттэн киэһэ
арҕааттан салгыйан, онон-манан былыттар уһулута ойон
таҕыстылар. Тыала улам эбиллэн, уулаах хара былыттар
халыҥ халҕаһалара халлаан оройун былдьастылар. Ийэ
сир туох буолар диэххэ айылаах лүҥкүрэ* иһийдэ, көтөр-
сүүрэр ылы-чып баран кирийдэ*. Тыал эбии күүһүрэн
сыыһы-буору өрүкүттэ, оту-маһы эрийэн имитэ оон-
ньоото. Тэнийэн иһэр хара былыт Тойон Мүрү үрдүгэр
тахсарын кытта, чаҕылҕан уот курбуу кымньыытынан
туора-маары курбаһыннарда! Хаһааҥҥыттан эмэ хаайта-
ран, киҥэ-наара холлубут дохсун этиҥ сир доргуйуор,
дьиэ дьигиһийиэр диэри өрө бачыгырыы түстэ! Ону эрэ
күүппүт курдук, муус тобурах сиртэн тэйэн, дьиэрэҥкэй
тэбэн дьиэ кырыыһатын тобугураппахтаан иһэн, эбии

                                                        93
   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98