Page 102 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 102
Толкуйдаа. Тобул
Көтөр — өҥүнэн, киһи — өйүнэн.
Айылҕа туһунан кинигэлэри көр. Оҕо сурунаалларын
билис.
Айар µлэ умсул±ана
«Хотоҕойдоохтор»
(Кинигэ хомуурунньуга)
Хотоҕойдоох диэн тылдьыкка маннык этиллэр:
1. Көтөр кынатын төбө өттүнээҕи ордук бөдөҥ
куорсуннара (нууч. маховые крылья). Кус бөҕө хой-
дон, хонук сир көрдөөн, х о т о ҕ о й тыаһа куугунас
буолбут. Күннүк Уурастыырап. 2. Көсп. Көтөр кыната,
дабыдала. Улахаҥҥынан даҕаны, х о т о ҕ о й у ҥ
да күүһүнэн, көрсүөҕүнэн даҕаны сөптөөх эн баар-
гын. Суорун Омоллоон. [Саха тылын быһаарыылаах
кылгас тылдьыта. — Дьокуускай, 1994. С. 235.]
Онон, кынаттаахтар тустарынан доҕоргун кытта
эбэтэр бөлөҕүнэн кинигэтэ бырайыактааҥ. Инники
өттүгэр оҥорбут айар бырайыактаргыт туох ураты-
лаахтарын, оҥоһуллубут ньымаларын санааҥ. Оҥорбут
кинигэлэргитинэн быыстапката тэрийиҥ.
102