Page 26 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 26
Фёдор Ефимов
БАСТАКЫ КИНИГЭЛЭР
1. Тиэкиһи кэрчиктэргэ арааран аах.
2. Кэрчик аайыттан туох саҥаны биллиҥ?
3. Тиэкиһи ким суруйбутуй? Кинигэ тоҕо «Дьиктилэр,
дьиибэлэр, дьээбэлэр» дэнэрий?
Орто үйэлэргэ оҥоһуллубут кинигэлэр биһиги билиҥҥи
кинигэлэрбитигэр маарынныыллара: хахтаахтара, сирэй-
дээхтэрэ, ойуулаахтара. Кинигэни илиинэн суруйаллара,
ойуулууллара. Бу сүрдээх эппиэтинэстээх ыарахан үлэни
манаахтар толороллоро. Кинигэ олус бытааннык уонна
элбэх үлэнэн оҥоһуллар буолан, баай дьон уонна таҥара
дьиэтин үлэһиттэрэ эрэ кинигэлэнэр кыахтаахтара.
550 сыл анараа өттүгэр Иоганн Гутенберг диэн ньиэ-
мэс аан бастакы бэчээттиир станогу айбыта. Бу мас-
сыынаҕа син биир илиинэн үлэлииллэрэ.
Биир саамай халыҥ кинигэ ыйааһына 225 киилэ, ол
Америкаҕа таһаарыллыбыта. Сирэйдэрин арыйарга уон
икки ат күүһэ күүстээх мотуордаах.
Аан дойдуга биир саамай кып-кыра кинигэ Японияҕа
оҥоһуллубут. Ол кинигэ хоһооннорун улаатыннарар таа-
һынан эрэ ааҕыахха сөп.
«Дьиктилэр, дьиибэлэр, дьээбэлэр» кинигэттэн, 1981 с.
26