Page 21 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 21

— Дьэдьэн элбэх да элбэх. Сотору оҥоойукпут
туолууһук.

     — Ийэбит барыанньа буһарыа.
     — Кырдьык даҕаны. Кытаат...
     Кыргыттар ити курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ дьэдьэннии сы-
рыттылар. Бүгүн ойуурга кинилэр эрэ баар буолбатахтар.
Киһи элбэх. Көххө дьэдьэнниэххэ үчүгэйин! Манна кыра-
лар, улахаттар бары дьэдьэннииллэр. Кинилэр сайын ба-
рахсан үтүө бэлэҕиттэн туһаналлар. Сотору оҥоойуктара
туолаллар. Оттон дьэдьэнньиттэр сылайбаттар.
     Киэһэ. Кыргыттар систэрэ көһүйбүт курдук да, ол туох
буолуой? Ол оннугар иһиттэрэ бары дьэдьэнинэн туол-
буттар. Ийэлэрэ үөрдэ да үөрдэ. Оҕолоругар сүрдээх
минньигэс дьэдьэн барыанньатын оҥорон биэрдэ.

                    Айар µлэ умсул±ана

                «Чэлгийэ тур, айылҕам барахсан!»

                (Литературнай-музыкальнай туруоруу)

        Төрөөбүт айылҕабыт туһунан ис сүрэхтэн тахсар
   тыллардаах сөбүлүүр хоһоонноргунан, ырыаларгынан
   литературнай монтажта былааннаа. Баҕар, биир поэт
   айымньытыгар олоҕуруоххун эмиэ сөп.

        Тугунан саҕалыыргын, хайдах түмүктүүргүн, музы-
   кальнай киэргэтии ханан, хайдах киирэрин, хас киһи
   кыттарын үчүгэйдик толкуйдаа.

        Оскуолаҕа ыытыллар тэрээһиҥҥэ бэлэм монтаж-
   кытынан кыттыҥ.

                                                                                          21
   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26