Page 20 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 20
доҕолоҥнуур. Кыргыһыыга сылдьыбыт сэрииһит, ама,
итиччэ хаана-бааһа суох буолуо дуо?!
«Арай бу кэмҥэ Моойторук суох буоллун…» диэн тиэ-
мэҕэ санааҕытын үллэстэн кэпсэтиһиҥ.
Иннокентий Сосин
ДЬЭДЬЭННЬИТТЭР
1. Кэпсээн сµрµн санаата тугуй?
2. «Сылдьыбыт сыы´ы, к³рд³³бµт к³мµ´µ булар» диэн
³с хо´оонун хайдах ³йдµµгµнµй?
Улахан оҕолор: сорох от
үлэтигэр, сорох оҕуруокка,
сорох фермаҕа — бары үлэ-
лии барбыттар.
Сайын үгэнэ. Чараҥҥа
буспут дьэдьэн сыта дыргы-
йар. Кыргыттар таах оло-
рон тэһийбэттэр. Биир күн
кинилэр дьэдьэннии барды-
лар. Чараҥҥа сөрүүн тыал
илгийэр. Кумаар, күлүмэн
хаптайбыт курдук. Оттон
от быыһа бүтүннүүтэ кып-
кыһыл, мип-минньигэс дьэдьэн. Оҕолор от быыһын арый-
бытынан бардылар.
Кураанах иһиттэргэ буспут, тэтэркэй дьэдьэннэр түһү-
тэлииллэр. Ол аайы оҕолор туттуулара түргэтиир.
20