Page 19 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 19

хонноҕун анна кытарыҥнаата. Ньымсатыан! Мас саамай
үрдүгэр үллэҥнээн таҕыста. Лаппаҕар атахтарынан тиити
кууһан ылла, уоругар, кирдьигинии-кирдьигинии, маһы ха-
дьырыйбахтаата, чалбаҕар харахтарынан субу-субу сири
көрбөхтөөтө. Оҕонньор өр баҕайы кыҥаан-кыҥаан дьэ
ытта. Кыыл кэдэрийэ түһээт, сиргэ тас иэнинэн барда.
Моойторук үөрэн «уруйдаабытынан» бокуойа суох кыыл
үрдүгэр түстэ. Оҕонньор: «Чот!» — диэбитигэр Моой-
торук буруйданан, кутуругун эймэҥэлэтэ-эймэҥэлэтэ,
дьалты баран биэрдэ.

     — Маннык кылгас атахтардаах, эмиэ да ыт курдук
кутуруктаах туох кыылбытый бу? — Уйбааскы мунааран
оҕонньортон ыйытта.

     — Тукаам, маны билбэккэ, эчи, ханна сылдьаахтаа-
быккыный? Сиэгэн диэни истибэт этиҥ дуо? Ол дии.
Бу обургуҥ тайаҕы үрдүгэр түһэн, сүнньүн быһа ыстаан,
өлөрөн кэбиһэр үһү.

     Моойторук уҥа кулгааҕа хааннырбыт уонна кыратык

                                                         19
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24