Page 17 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 17

тырдар хаар бу кэмҥэ хараарар. Мин баттахпар маа-
рынныыр буолар.

     Туораахтаах сиэмэни итигэстээн сиир кыракый чыы-
чаахтар сиргэ чырып-ирип ойуоккалаһаллар. Сиэмэни бул-
батахтарына да, тугу эрэ тоҥсуй да тоҥсуй буолаллар.
Бэйэлэрин тылларынан тохтоло суох чыыбыгыраһаллар.
«Чычы-чычы-чыыр, мин буллум! Чучу-чучу, чуур тыыты-
ма! Чычы-чычы, мааманы ыҥырыҥ! Чу-чу, паапаҕа хаал-
ларыҥ!» — дэһэллэр. Мин ытыһым эрэ саҕа кырачаан
чыычаахтар эмиэ тус-туһунан ааттаахтар. Сорохторун
аата Чыбы-Чыбы, Чыып-Чаап, Чаабы-Чииби, Чырып-Чи-
рип, Чиип-Чиип диэн курдуктар. Чыычаахтар оҕолоро тө-
рөппүттэрин тылларын өрүү истэллэр. Мээнэ мэниктээ-
бэттэр. Ыраас көй салгыҥҥа уйдаран көтө сылдьаннар,
маамалаах паапалара ыҥырдахтарына, сонно тута сиргэ
түһэллэр. Чыычаахтар оҕолоро мэниктиир, oxcyhap диэни
билбэттэр.

     Саас, чыычаахтар ырыаларын истэ-истэ, тыаҕа сыл-
дьар өссө үчүгэй. От-мас тыллан, ураты үчүгэй сытта-
нар. Тииттэр лабааларын мутукчата күп-күөҕүнэн көрөн,
тылыбырыы-тылыбырыы тыллар. Мутукчаны ылыаххын
баҕарбытыҥ да иһин, мас лабаатын мээнэ тоһутуо суох-
тааххын. Маһы алдьатар куһаҕан. Бу туһунан оҕо саады-
гар Мария Гаврильевна эппитэ. Уулаах иһиккэ олордул-
лубут да мутукча, бэл сотору кэминэн хагдарыйан, хатан
хаалар. Маны оҕо барыта өйдүөхтээх. Тыа хас биирдии
отун-маһын харыстааһын туһунан биһиэхэ оҕо саадыгар
үөрэппиттэрэ.

     Саас маҥнайгы ньургуһуннар тахсаллар. Ньургу´ун-
нар куттас куобахчаан оҕотун курдук сып-сымнаҕас,
көпсөркөй түүлээхтэр. Сыыр быарыгар тыа халдьаайы-

                                                        17
   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22