Page 12 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 12
Моисей Ефимов
К¥¤¥Н КУТААТА
1. Хоһоону сурук бэлиэтин тутуһан доргуччу аах.
2. Поэт күһүҥҥү тыаны хайдах ойуулууруй, тугу туох-
ха холууруй? Ону көрдөрөр строкалары булан аах.
3. Айымньыны кинигэ тылынан кэпсээ.
4. Поэт туттар тэҥнэбиллэрин булан, «Ааҕааччы тэтэ-
рээтигэр» суруй.
Маҥнай, өрт уотунуу,
хонууну салаата.
Онтон
тыаҕа таҕыста
күһүн кутаата.
Хатыҥнар кыымынан
ыһылла-буралла,
Чүмэчи буоланнар
сандаара тураллар.
Көмүс төлөнүнэн
мутукча өрүкүйэр.
Талахтар умайан
күлүбүрээн эрэллэр.
Арай бу кутааҕа
бэриммэт харыйа,
Төлөнү лабаатынан
таҥнары сапсыйар.
Кытыастар кыым үөһэ
өрө мөхсө сылдьар,
12