Page 9 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 9

иһигэр киис, хара саһыл, күөх кырса бааллар. Россияҕа
бултанар түүлээх түөртэн биирин биһиги булчуттарбыт
биэрэллэр, кыраныысса таһыгар эргинэр түүлээҕин биэс-
тэн биирэ биһигиттэн барар.

     Саха сирин тыатын иэнэ 126 м³л. гектар. Маһын caп-
пaaha 11 млрд куб. м. Биһиги маспыт кыраныысса та-
һыгар атыыга тахсар. Холобур, эн күннэтэ көрөр тиитиҥ,
бэһиҥ Японияҕа тиэллэр. Бэл, хатырыга хаалбат.

     Онон эн биһикки чаҕылхай сайыннаах, кыыдааннаах
кыһыннаах, балысхан баайдаах дойдуга олоробут.

     Саха сирин олохтоохторо уһун үйэлээх дьон ахсааны-
гар киирсэллэр. Ити боппуруоһу анаан үөрэппит үтүөлээх
быраас Л.А. Львов түмүгүнэн, биһиэхэ 100 сааһын куо-
һарбыт дьон үгүстэр.

     Итинэн саха төрүттэрэ бу хоту дойдуну арыйааччы-
лар, холуон тымныытыттан чугуйбакка, соҕурууҥҥу хаһаа-
йыстыбаны, сүөһүнµ-аһы тэнитээччилэр эбиттэр. Иитэ-
саҕата суох киэҥ куйаар өлгөм үүнүүтэ, барҕа баайа
киһи аймахха туһата суох сыппытын уһугуннарааччылар.
Бу дойду уйгулаах хочолоругар, аҥаат-муҥаат алаас-
тарыгар сыспай сиэллээҕи сырыырҕаппыттар, хороҕор
муостааҕы хоннорбуттар.

     Төрөөбүт төрүт буоргунан, иитиллэр Ийэ сиргинэн
киэн тутун!

Саха сирин айылҕатын, дьонун-сэргэтин, улуустарын,
куораттарын, баайын-дуолун, сайдыытын туһунан тугу
билэргитин кэпсэтиһиҥ.

Саха сирин туһунан ханнык ырыаны, хоһоону, кэпсээ-
ни билэргин «Ааҕааччы тэтэрээтигэр» суруй.

                                                         9
   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14