Page 7 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 7
буолан саҕаланан баран, Иркутскай уобалаһы уҥуордаан,
Саха сирин соҕуруу эҥээриттэн хайа солоон Хотугу
Муустаах байҕалга түһэр. Баран иһэр суолугар, ыйааһын
xapaҕap курдук, биһиги ³р³спµµбµлµкэбитин илин уон-
на арҕаа икки тэҥ aҥаapгa үллэрэн aahap. Хоту Муус-
таах байҕалга сөкүүндэ аайы 1550 куб. миэтэрэ ууну
түүннэри-күннэри суккуйа кутар. Оччолоох элбэх ууну ар-
дах, хаар уутуттан иҥнэри тардан ылар. Аҕыс ыйдаах
анысхан тымныыны тоҕо сүкпүт балысхан үөрүүтүгэр
саас ахсын икки мыраанынан таһымныыр... Аата-ахса
биллибэт арыыларыгар, кэҥкээбэлээх кэтит кытыллары-
гар ыраас күннээх кылгас сайыҥҥа өлгөм үүнүү өрө ан-
ньар. Үүнээйи үүнэригэр сүнньүнэн µс суол усулуобуйа
хайаан да наада: уохтаах буор, дэлэй уу, чаҕылхай күн.
Саха сирэ coҕypyy истиэп кырсыгар холоонноох хара
буордаах. Сайыммыт ураты кылгас. Ол эрээри күнэ олус
чаҕылхай. Сайын икки ый кэриҥэ түүнэ хараҥарбат.
Онон үүнээйигэ эргиччи сырдык баар. Кураана бэрт буо-
лан, салгын кураанах, ол иһин аһара итии. Сайын ортото
ыйы-ыйынан арылхай күннээх дойду — ол биһиэнэ. Yгүc
күн кыраадыс 35 — 39. Кылгас сайыннаах да буоллар, эн
үөскээбит дойдуҥ күнүн сырдыга Крым чаҕылхай күнүгэр
тэҥнэһэр. Ол да иһин хортуоппуй биһиэхэ µс ый иһигэр
торолуйа ситэр. Оттон соҕуруу итии балаһаҕа үксүн хор-
туоппуйга биэс ый наада эбит.
Кµн уотун күүһүн киһи этин салгын сиирэ түргэнигэр
да көрүөххэ сөп. Сорох сирдэргэ анаан салгылыыр (за-
гардыыр) наада буолар. Дьон күнү күннүктээн, анаан-
минээн сыраллаллар, күн уота күүстээх сирин көрдүү
сатыыллар. Оттон биһиэхэ бэйэтэ да билбэккэ киһи ба-
рыта күн уотугар килэриччи сиэтэр. Уу, дьэ, кырдьык,
7