Page 11 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 11
кэлиҥ, сороххут итинэн киириҥ! — Бүөккэ дьоһуннаах
киһилии салайбытынан барда. Убаҕас ойуурга кэрийэ
сатаатыбыт. Аҕыйах ук баарыгар моонньоҕон уга сиргэ
сытыар диэри үүнэр эбит. Оттон үгүс ук тостубут, төрдө
эрэ хаалбытыгар саҥа бээгэй ук быган үс-түөрт сэбир-
дэхтэнэн эрэр. Өр таах хаамсан, иһиппит түгэҕин эрэ
сабар моонньоҕону итигэстээн, биир сиргэ муһуннубут.
Бүөккэ бэйэтэ дьиибэргиир:
— Былырыын уга хойуу, моонньоҕоно өлгөм да этэ, ту-
гун дьиибэтэй? Toҕo аҕыйаата? Биэдэрэнэн ылҕаабыппыт
дии, маамам да билэр...
Хайдах моонньоҕоннообуттарын сурастыбыт. Бүөккэ
кэпсээтэ:
— Биһиги хоп-хойуу моонньоҕонноох уктары тос-
ту тутан, суолга таһааран ылгыырбыт. Онтубут быйыл
үүммэтэх дии...
— Бүөккэ, моонньоҕон уга уонча сыл үүннэҕинэ эрэ
элбэх отоннонор. Эһиги угу тоҕо тоһуппуккутуй? Ол
сыыһа быһыы. Эһиги угун тоһутан, быйыл биһигини ма-
тардыгыт, аны түөрт-биэс сыла суох манна кэлэн туһа
суох. Эн таах киһиргээбиккин, угу тоһутан отону эспит,
ойууру дьадаппыт буруйдааххын, Бүөккэ!
Бүөккэ умса көрдө. Кини киһиргэс дуо? Суох, ол өссө
кыра. Кини туох буруйдааҕый?
11