Page 14 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 14

«Чэ, умат, кутаалаа,
                                           күһүммүт барахсан,

                                    Сааскыны көрсүөхпүт
                                           саҥалыы сандааран!»

                Хоһоону «… таҥнары сапсыйар» диэҥҥэ диэри өйтөн
                ааҕарга бэлэмнэн.
                Дьиэҕэр «Бэйэ ааҕыыта», «Ыалынан ааҕыы» кинигэ-
                лэргэ киирбит айымньылартан тэҥнээһини булан, тэ-
                тэрээккэр сурун.

                                                      Григорий Данилов

                         КИМ КИЭРГЭТТЭ?

                1. Хоһооннору доргуччу аах.
                2. Хоһооннорго дьыл ханнык кэмэ хоһуйулларый?

                    Поэттар туох санааларын этэллэрий?

                              Түннүкпүтүн түүн кэлэн
                              Түүлүнэн ким киэргэттэ,
                              Таһырдьаны көрүөхпүтүн
                              Күлүктэтэн кэбистэ?

                              Ити Моруос кырдьаҕаспыт
                              Куру´уба бэрдин баайбыт.
                              Онтукатын биһи дьиэбит
                              Түннүгэр ыйаан кэбиспит.

14
   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19