Page 18 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 18
тыгар маҥнайгы ньургуһуннары көрдөхпүнэ, мин олор-
тон үргээммин элбиих-элбэҕи дьон ахсын бэлэхтиэхпин
баҕарабын.
Леонид Попов
МООЙТОРУК ОХСУСТА
1. Кэпсээн аатынан туох туһунан суруллубутун сэрэ-
йэн кэпсээ.
2. Кэпсээни аах.
3. Бэйэҥ тылгынан толору кэпсээ.
Биир күн Уйбааскылаах түөрт уончаттан тахса тииҥ-
нээх балааккаларыгар төннөн истилэр. Саҥа-иҥэ, күлүү-
салыы баһаам дьоно буолла. Хайыахтарай, бүгүн элбэх
тииҥи өлөрөннөр, күннээтэхтэрэ. Булчут үтүө сырыы-
ны сырыттаҕына, саҥата элбиир, күлүүтэ үксүүр. Дьэ
ол истэхтэринэ, эмискэ ойоҕосторугар «ньук-ньах» саҥа
хойдо түстэ — Моойторук тугу эмэ эккирэттэҕинэ итин-
ник «ньаҕырҕааччы». Онтон бэрт сотору Моойторук үрүт-
үрдүгэр ардырҕаан киирэн барда. Ити кини тугу эмэ
кытта охсустаҕына, итинник «ардырҕааччы».
— Бөрө… — диэтэ Уйбааскы. Дьулайа санаата.
— Сүүрүөх… — диэтэ Баһылай оҕонньор.
Баран иһэр ыллыктарыттан туора ойон таҕыстылар. Ой-
уур ыт саҥатынан оргуйа олордо. Арай Уйбааскы көрбүтэ,
доҕоор, Моойторук бэйэтин саҕа биир кыыллыын охсуһа
сылдьар эбит. Хаары бурҕаҥнаталлар, маһы барчалыыл-
лар. Дьону көрөөт, били кыыл чугас турар тииккэ сүүрэн,
18