Page 16 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 16
Тылбытын байытабыт
Бөлкөй — сыһыыга, хочоҕо арыы курдук бииргэ
бөлүөхсэн үүммүт мастар (үксүн иирэ, талах, хатыҥ);
бөлөх мас, талах.
Сөбүлээбит хоһооҥҥун өйтөн ааҕа үөрэн.
Хоһооннорго ойуута уруһуйдаа.
Иван Мигалкин
МИН САА¤Ы ТАПТЫЫБЫН
1. Кэпсээни аах. Хас чааска үллэриэххэ сөбүй?
2. Сааскы айылҕаны бэлиэтиир тыллары, этиилэри
бул. Хайдах өйдөөбүккүн кэпсээ.
3. Арай эн суруйааччы буол, айымньыга тугу эбиэҥ,
уларытыаҥ этэй?
Кыһын кэнниттэн саас, саас кэнниттэн сайын, сайын
кэнниттэн күһүн, күһүн кэнниттэн эмиэ тоһуттар тым-
ныылаах, чускуйар тыаллаах кыыдаан кыһыммыт тиийэн
кэлэр. Оттон мин сайаҕастык сайа тыынар салгыннаах
сандал сааһы таптыыбын.
Саас күн уота чаҕылыччы тыгар. Киэҥ да киэҥ си-
ринэн тайаан сыппыт халыҥ хаар ууллан, чалбахтар тах-
саллар. Эдьиийим Айта cyhyoҕyн өрүнэр уп-уһун лиэн-
тэлэринии көрдөөх үрүччэлэр, онон-манан чырылыы
сүүрэн күөлгэ кутуллаллар. Муус маҥанынан хараҕы саа-
16