Page 10 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 10
Николай Габышев
Б¥£ККЭ КИ¤ИРГЭС ДУО?
1. Кэпсээни аах. Хас кэрчиккэ араарыахха сөбүй? Тол-
куйдаа.
2. Ханна туох буолла?
3. Кэпсээн тоҕо «... ойууру дьадаппыт буруйдааххын,
Бүөккэ!» диэн түмүктэннэ?
4. Кэпсээни атыннык ааттыахха сөп дуо?
5. Манна маарынныыр түбэлтэни билэҕит дуо? Ону
кэпсээҥ.
Биһиги куораттан массыынанан отоннуу таҕыстыбыт.
Тохтообут ыалбыт аҕалара биһиэхэ киирэ сылдьан ыҥыр-
быта. Кини эппитэ:
— Биһиэхэ моонньоҕон наһаа үүнэр, улахан иһиттээх
тахсаарыҥ, толоруоххут. Кыһыны быһа куорат дьоно
моонньоҕон барыанньатын сиэххит...
Дьиэлээхтэр сопхуоска оттуур эбиттэр, эрдэ туран
үлэлии матасыыкылынан куугунатан хаалаллар. Биһигини
ыалбыт оҕото үһүc кылааска үөрэммит Бүөккэ уол сир-
диэх буолла.
— Мин олус хойуу моонньоҕонноох сири билэбин.
Былырыын биһиги биэс буолан моонньоҕону биэдэрэнэн
таһар этибит, — диэн Бүөккэ эппэйэн кэпсиир. Биһиги
массыынаҕа олорон моонньоҕонноох сиргэ тиийдибит.
Соччо ырааҕа суох эбит.
— Бу ойуурга киириҥ — манна моонньоҕон да моон-
ньоҕон этэ — ытыскытынан баһыаххыт! Манан, манан
10