Page 6 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 6
Михаил Чооруо´ап
БАЛЫСХАН БААЙДААХ ДОЙДУ
(«Биһиги төрүттэрбит Улуу Туймаадаҕа
көһөн кэлбиттэрэ» уочаркатыттан)
1. «Балысхан баайдаах дойду» диэни хайдах өйдүүгүн?
2. Тиэкиһи аах, өйдөөбөт тылларгын булан быһаарыс.
3. Ааптар дойдутунан киэн туттар тылларын, этиилэ-
рин булан аах.
4. Төрөөбүт дойдуҥ туһунан тугу биллиҥ?
Туймаада хочото саха норуотун устуоруйатыгар сүппэт
оруоллаах дойду буолар. Саха төрүттэрэ бастаан бу
хочоҕо тиксэн, манна киһи-сүөһү буолан, тарҕанан бар-
быттара. Саха сүөһүтэ бастаан бу дойду уутун испи-
тэ, отун сиэбитэ. Кэлин бу үтүө дойдуга куорат туран,
үөрэх-сайдыы, култуура киинэ буолла. Онон саха норуо-
тун барҕардыбыт көмүс биһигэ, үтүө уйата бу дойду буо-
лар. Ол да иһин хомоҕой тыллаах хоһоонугар холбоспут,
ыллам ырыалаах ырыатыгар ылламмыт дойду.
£лµ³нэ өрүс эн төрөөбүт ³р³спµµбµлµкэҥ биир киэн
туттар кэрэ миэстэтэ буолар, аан дойду биллэр өрүс-
тэригэр киирсэр. Азияҕа устатынан £лµ³нэни кыайар
арай үс эрэ өрµс баар. Көр, оннук баараҕай өрүс биһиги
төрөөбүт ³рµспµт! 432 көс, ол эбэтэр 4320 км уста-
лаах сири тoҕo дьулуруйан тус хоту түһэн истэҕинэ, уҥа
өттүттэн Алдан өрүс кыттыһа түһэр, xaҥac өттүгэр Бүтэй
Бүлүү холбоһор. Байкал күөл apҕaa адаардаах хайала-
рын үрдүк мындаатыттан сыккырыы сүүрэр сындыыс уу
6