Page 28 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 28

Кинини уот кыайан сиэбэт,
                                Уу да сатаан тимирпэт,
                                Киртэн-бөхтөн киртийбэт,
                                Кэмтэн-дьылтан эргэрбэт.

                                Ол кылаат — аптаах кылаат,
                                Уоруйах да булан уорбат,
                                Ороспуонньук талаабат,
                                Албастаах да албыннаабат.

                                Ол кылааккын дьоҥҥо ыһыаҥ —
                                Уон оччонон элбээн кэлиэ,
                                Үрүт-үөһэ мунньа сытыаҥ —
                                Өрүүтүн чэпчээн иһиэ!

                                Ол кылаатыҥ тыыннааххар
                                Ханна барыаҥ — батыһыа,
                                Хаһан туохха наадыйаргар
                                Толук буолуо, абырыа.

                                Оннук кылаат хаһаайына
                                Күүстээхтэн бастыҥ күүстээх.
                                Быһыйтан чулуу быһый,
                                Көтүө — наада буоллаҕына.

                                Оннук кылаат күн сиригэр
                                Суос-соҕотох! Кини аата —
                                БИЛИИ! Көр, кинигэҥ ыскаабыгар
                                Сытар сир бастыҥ кылаата!

                Хоһоон аатын ис хоһоонун кытта тэҥнээн көр.
28
   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33