Page 33 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 33
Бибилэтиэкэҕэ сылдьан кинигэ арааһыгар (уус-уран,
биллэрэр-көрдөрөр, ыйынньык, энциклопедия) аналлаах
быыстапканы көр, уратыларын улахан дьон көмөтүнэн
быһаар. Сахалыы бастакы үөрэх кинигэтин туһунан
ыйыталас, бэйэҥ кинигэҕин кытта тэҥнээн көр.
Айар µлэ умсул±ана
«Сахалыы бастакы үөрэх
кинигэтэ хаһан үөскээбитэ буолуой?»
(И´итиннэрии)
Бу тиэмэ туһунан матырыйаалы бибилэтиэкэҕэ
сылдьан көрдөө, дьоҥҥуттан ыйыталас.
Тугу булбуккун, истибиккин (туох ис хоһооннооҕун,
кимнээх суруйбуттарын) сурун.
Сахалыы бастакы үөрэх кинигэтэ хайдах көстүү-
лээҕин уруһуйдаа эбэтэр хаартыскаҕа түһэр.
Бу бырайыагы бөлөҕүнэн толорор интэриэһинэй
уонна көхтөөх буолуо. Этиллибит сорудахтары
бэйэ икки ардыгар үллэстиҥ.
Ыйыталаһарга, сурунарга, булбут матырыйаалгы-
тын дьүүллэһэргэ, уруһуйдуурга, үлэни киэргэтэр-
гэ төһө бириэмэ, күн наадатын үчүгэйдик тол-
куйдааҥ.
Бырайыаккытын кылаас иннигэр, төрөппүттэргэ
кэпсииргэ бэлэмнэниҥ.
33