Page 34 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 34
СИТИ¤ИИБИТИН СЫАНАЛАНАБЫТ,
БИЛИИБИТИН БЭРЭБИЭРКЭЛЭНЭБИТ
1. Салааҕа туох айымньылар киирбиттэрий? Туох
туһунан?
2. Бу туһунан ханнык айымньыга этиллэрий?
«... Кинигэ олус бытааннык уонна элбэх үлэнэн
оҥоһуллар буолан, баай дьон уонна таҥара дьиэтин
үлэһиттэрэ эрэ кинигэлэнэр кыахтаахтара».
«... Күүппүт санаатыгар, дьыл-хонук кутуйах хаа-
мыытынан сыҕарыйара».
«... балаҕанын үрдүгэр ойон тахсан, оһох ураатыт-
тан курунньугу кыһыйан ылла. Онтун кыракый эмп
бытыылкатыгар кутан уулаан, чэрэниилэ оҥоһунна».
3. Хоһоон көппүт тылларын ситэрэн эт.
Төһөлөөх да күн үбүгэр
Тэҥнэммэт ыар сыаналаах,
Күндүттэн күндү …
Баар үһү күн сиригэр.
4. Дьиэтээҕи бибилэтиэкэ±иттэн сөбүлүүр айымньыгын
талан аах, «Ааҕааччы тэтэрээтигэр» бэлиэтэн.
5. «Сахалыы бастакы үөрэх кинигэтэ хаһан үөскээбитэ
буолуой?» бырайыаккын дьоҥҥор кэпсээ.
34