Page 39 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 39

Биирдэ Холорук суоҕуна Тулаайах уолчаан ол бобуу-
лаах күлүүһү ылан, кистэлэҥнээх ампаарга киирбит. Ам-
паарга улахан дьааһык турар эбит. Уол дьааһыгы арый-
быта, иһигэр үрүҥ көмүс хоруоп баар буолбут. Дьии-
бэргээн, кини хоруоп хаппаҕын көтөхпүт, онуоха хаһан
да харахтаабатах кэрэ кыыһа туран кэлбит.

     — Эн миигин өлөр өлүүттэн быыһаатыҥ. Бу үтүөҥ
иһин мин эйиэхэ хаһан эмэ үтүөнэн төлүөҕүм, — диэ-
бит кыыс уонна ампаартан тахсаат, мэлис гыммыт. Уол
соһуйан кыыһын аатын ыйытымына хаалбыт.

     Дьиэҕэ киирэн уол тугу көрбүтүн эмээхсиҥҥэ кэп-
сээбит. Истэн баран дьиэлээх хотун эппит:

     — Ити кыыһы мин уолум аҕалбыта. Кинини көҥүл
ыыппыккын биллэҕинэ, эйигин өлөрүөҕэ. Онон хап-сабар
мантан куот.

     Эмээхсин Тулаайах уолга суолун ыйбыт уонна тараах-
таах оҕуруону биэрбит.

     — Холорук эккирэтэр тыаһын иһиттиҥ да, кэнниҥ
диэки тарааҕы быраҕаар. Онтон байҕалга тиийдэххинэ —
оҕуруону. Итиэннэ ханна бараргын бэйэҥ билиэҥ, мин
эйиэхэ тугу да сүбэлээбэппин, — диэбит кини.

     Эмээхсин ыйбытын хоту уол бара турбут. Баран ис-
пит, баран испит, эмискэ кэннигэр Холорук сири-дойду-
ну барчалыыр* тыаһа иһиллибит. Уол эргиллэ биэрбит
да, Холорук иннигэр тарааҕы элиппит. Көрүөх бэтэрээ
өттүгэр тарааҕа ыт мунна баппат сис тыаҕа кубулуйбут.
Холорук ол ойуурга кэтиллэн тохтоон хаалбыт.

     Тулаайах уол эмиэ куотар. Арай байҕал кытылыгар
кэлэр. Оҕуруону быраҕан кыыратаатын кытта байҕал
үрдүнэн муоста баар буолар. Уол бу муостанан байҕалы
туоруурун кытта, кэннигэр эмиэ Холорук сирилээбит.

                                                         39
   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44