Page 40 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 40

Байҕалга кэлээт, Холорук эр бэрдигэр кубулуйа охсубут.
      Ол эрээри кини муостаны ортолообутун кэннэ муоста,
      улам намтаан, ууга баран хаалар. Инньэ гынан, Холорук
      байҕал түгэҕин диэки таастыы тимирэ турбут.

            Тулаайах уол салгыы хаампыт. Арай иннигэр балаҕан
      көстүбүт. Дьиэ таһыгар сылгылар уонна ынахтар мэччийэ
      сылдьаллар эбит. Киирбитэ дьиэҕэ соҕотох эмээхсин
      олорор. Эмээхсин кинини үөрэ көрсүбүт. Уол киниэхэ
      олорон көмөлөһүөх буолбут.

            Тулаайах уол эмээхсин сүөһүтүн маныыр, көрөр-истэр.
      Итинник биир сыл, онтон икки, онтон үс сыл ааһар.
      Үһүс сыла бүтүүтэ уол эмээхсинтэн бараары гынар.

            — Хайыамый, барар киһини тутуом дуо? — диир
40
   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45