Page 41 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 41
эмээхсин. — Үлэҥ иһин бастыҥ соноҕоспун* бэлэхтии-
бин. Чэ, бар, үчүгэйдик сырыт!
Уол акка олорон айанныыр.
Айаннаан-айаннаан улахан куоракка тиийэр. Олохтоох-
тор киниэхэ бу куоракка ыраахтааҕы олорор дииллэр
уонна кини дыбарыаһын ыйан биэрэллэр. Уол дыбарыас
ааныгар чугаһыырын кытта харабыллар кинини тараччы
тутан ылаллар уонна ыраахтааҕыга илдьэллэр.
Ыраахтааҕы уолу кимин-тугун, тоҕо бу дойдуга кэл-
битин билээри дэлби ыххайар. Тулаайах уол тугу да
хоруйдуон билбэккэ ыксаан хаалар. Онуоха ыраахтааҕы
аттыгар олорор кыыс:
— Аҕаа, бу уолу ыыт, кини миигин өлөртөн быыһаа-
быта! — диир.
Ыраахтааҕы Тулаайах уолу босхолообут, өссө манньа-
тын кыыһын киниэхэ кэргэн биэрбит.
Уол онтон ыла тулаайахсыйан бүппүт — кинини ким
да Тулаайах диэбэт буолбут. Кыраһыабай кэргэниниин
кини өр да өр дьоллоохтук олорбут.
Тылбытын байытабыт
Дэллэритэн — тыалга оҕустаран сүүрэр курдук тут-
тан сүүр.
Барчалыыр — то±о солуур.
Соноҕос — үстээх-түөртээх сылгы.
Остуоруйаны салгыахха сөп дуо? Айан кэпсээ².
41