Page 45 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 45

Иннокентий Сосин
ИККИ ЧАБЫЧАХ

1. Остуоруйаны оруолунан ааҕарга бэлэмнэн.

2. «Туос кубаҕай», «тылынан кыырар», «сир өтүөҥүй»
   диэни хайдах өйдүүгүнүй?

3. Остуоруйаттан тугу өйдөөтүҥ? Хас биирдии чабычах
   туһунан тугу этэрдээххиний?

4. Чабычахтар майгыларын көрдөрөр тыллары булан
   аах. Кэпсииргэ ону тутун.

5. «Тыаһа-ууһа, айдаана-куйдаана суох айанныаҥ —
   ыраах барыаҥ, тыаһаан-ууһаан, айдааран-куйдааран
   айанныаҥ да, сир өтүөҥ суоҕа» диэн өс хоһоонугар
   маарынныыр ханнык өс хоһоонун билэҕин?

     Былыыр-былыр биир ампаарга икки чабычах дьукаах-
таһан олорбуттар. Биирдэрэ тобус-толору арыылаах, ик-
киһэ кубус-кураанах. Арыылааҕа арыы, сыа иҥмит сыр-
дык туостаах, арыы саһыл бэйэлээх, чэп-чэгиэн, иккиһэ
кууран-хатан, онон-манан тырыта-хайыта барбыт, туос
кубаҕай эбит. Биирдэрэ аҕыйах саҥалаах, иккиһэ күнү
быһа кыһыл тылынан кыыран тахсар эбит.

     — Эн миэхэ холоотоххо, сылдьарыҥ бытаана, көлөт-
түгэһиҥ*, көһүүнүҥ* дэлэ дуо? Тэлгэһэҥ таһыттан ыраа-
тан, ханна сир өтүөҥүй? — кураанах чабычах дьукааҕын
суустуур*.

     — Оттон эн? — биирдэрэ аргыый аҕай ыйытар.
     — Мин дуо? — кураанах чабычах оронуттан муостаҕа
ыстанан түспүт, өрүтэ ыстаммахтаабыт. — Эйигиннээҕэр

                                                       45
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50