Page 50 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 50
Онно иччилээх ойуур, хонуу:
Онно тыҥ хатыыта* куугунуу,
Кумахха кутуллар долгун,
Оччоҕо отут бухатыыр
Сырдык уу иһиттэн тахсар
Муоратааҕы оҕонньордуун;
Онно хоруол уола таарыйан,
Билиэн ылар уордаах саары;
Аптаах киһи өрө кыырайан,
Муораны, тыаны курдары
Илэ илдьэр бухатыыры;
Сур бөрөҕө харабыллатан,
Хаайыыга сарыабына сытар.
Дьэгэ Баабалыын мас кэлии
Бэйэтэ хаамар, киһилии.
Саар Кащей баайыгар хам хатар;
Нуучча тыына... Нуучча сыта!
Онно мин мүөт, утах испитим,
Муора кытыытыгар, күөх дуупка
Олороммун, үөрэхтээх куоска
Остуоруйатын истибитим.
Биири өйдөөбөтүм: билигин
Мин ону бар дьоҥҥо кэпсиибин.
Дьуон Дьаҥылы тылбааһа
Тылбытын байытабыт
Тыҥ хатыыта — сарсыарда халлаан кырыыта саҥа
сырдаан арыллан эрдэҕинэ.
50