Page 52 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 52
— Тоҕойуом, көрдөһөбүн: туох бааргын барытын убай-
гар биэр. Кини оҕолоох-уруулаах ыал аҕата эбээт. От-
тон бэйэҥ мин эргэ карнайбын* ылан, аан дойду устун
айаннаа. Аһыыга-абаҕа ылларбыт да дьоҥҥо, үөрэ-көтө
сылдьар да дьоҥҥо карнайгынан оонньоон биэр. Оннук
сылдьан дьолгун булуоҥ.
Кыра уол ити курдук гыммыт: туох баарын бары-
тын убайыгар туран биэрбит уонна бэйэтэ эргэ карнайы
ылан, айаҥҥа туруммут.
Биир киэһэ улахан хайа хаспаҕар кэлэн, хонорго
санаммыт. Бу хаспах абааһылар кэлэн тохтуур, кыһыл
көмүстэрин, сыаналаах малларын аҕалан кистиир сир-
дэрэ буолуо диэн хантан билиэ баарай?
Арай түүн үөһүн саҕана абааһылар тиийэн кэлбиттэр,
ким тугу, хайдах булбутун туһунан куоталаһа-куоталаһа
киһиргээн кэпсэппиттэр.
— Мин биир ыраахтааҕы кыыһын ииртим, — диир
бастакы абааһы. — Ол кыыс үтүөрбэтин диэн, киһи ха-
раҕар көстүбэт икки абааһыны батыһыннара сырыттым.
Олор баалларын тухары биир да эмп киниэхэ туһалыа
суоҕа.
— Кини ол ыарыыттан хайдах гынан үтүөрүө этэй? —
диэн иккис абааһы ыйыппыт.
— Арай кини аттыгар эмискэ карнай тыаһаатаҕына,
абааһылар куттанан куотуохтара, оччоҕо эрэ үтүөрүөн
сөп, — диир бастакы абааһы.
Бу кэмҥэ абааһылар баһылыктара дьэ тиийэн кэ-
лэр.
— ¤уу, һуу, киһи сыта кэлэр, билэҕит дуо? — диэн
хаһыытыыр.
52