Page 57 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 57
кы эҕэрдэ үҥкүүнү толорбутунан барбыта: бэдьэйэн, кы-
натынан сапсынан. Көрүөхтэн эриэккэс үчүгэйэ!
Оттон хам аччык саһыл обургу ааһан иһэн ордугургуу
саныыр: «Үөрбүттээх баҕастаах!» диэн. Хайаан да туруйа
санаатын түһэрэргэ, сүргэтин* тоһутарга оҥостор:
— Итэҕэйиэ суох курдукпун, туруйа үҥкүүлүүрүн!
Атахтааҕымсыйан үҥкүүлүүр ээ.
Туруйа тохтуур. Саһылы көрөр. Саһыл атаҕын ааҕар:
«Биир, икки, үс, түөрт! Түөрт сотолоох!» Соһуйан айаҕын
атар. Маны да саһыл сыыска түһэрбэт:
— Па, па! Уп-уһун тумус дуомнаах уонна биир да
тииһэ суох!
Инньэ дии-дии, саһыл айаҕын ата-ата күлэр. Үп-үрүҥ
тииһин килбэҥнэтэр.
Туруйа айаҕын сабан, төбөтүн аллара нөрүтэр*. Саһыл
дьэ бууһа барар:
— Ха-ха! Кулгааҕыҥ ханнаный? Төбөлөөххүн дуу, суох
дуу? Эчи кыратын. Ити дуоннаахха туох өй³ хааламмыт
үһү? Өй да буолуохтааҕар, өй аҥаара да баара саарбах.
— Төһөтүн да иннигэр, муора уҥуортан кэллэҕим, —
туруйа аахсарга холонор. — Төбөм иһэ син туохтаах эмэ
ини.
— Оо, эрэйдээҕим сыыһа, — саһыл эмиэ үгэргиир*. —
Таҥара накааһа диэтэҕиҥ! Ыл, миигин көр эрэ: түөрт
атах, икки кулгаах, тиис тобус-толору. Оттон уонна
баһым иһэ бүтүннүүтэ өй! Сүүс өй. Аны кутуругум оҕотун
көрүөҥ этэ! Хайдахтаах кутуругуй! Саһыл кутуругунан,
киэмсийэн, мускун да мускун. Туруйа эрэйдээх мэктиэ-
тигэр мэйиитэ эргийдэ. Киэр хайыста. Арай көрбүтэ —
саалаах киһи. Ох саалаах булчут иһэр эбит!
— Саһылыкаан, — туруйа ыксаан кэлэҕэйдиир, — эн
57