Page 59 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 59

буолла?» — дии-дии, булчут туруйаны туора соһор. —
Бэйи, өссө туох баара буолла?».

     Булчут илиитин уйа иһигэр тимирчи угар. Ол сылдьан
саһылы кутуругуттан харбыыр. Саһыл кулгааҕын сахсы-
нан, тииһин ырдьатан, түөрт атаҕынан дьирээлэһэн көрөр
да, туһа суох. Булчут кинини кум-хам тутан майдааны-
гар уктар. Мантан астынан, туруйаны ылаары гыммыта,
туруйа хайыы-үйэ халлааҥҥа. Оноҕос* тиийбэт сиригэр,
үөһии-үөһэ, көтөн хаалбыт.

     Дьэ, ити курдук, сүүс өйүнэн, баһаам элбэх тииһинэн,
түөрт атаҕынан, бэртээхэй кутуругунан өҥнүбүт киэмсик
саһыл булчут илиитигэр түбэспит. Оттон соҕотох өйдөөх
туруйа син үрүҥ тыынын харыстаммыта үһү.

  Тылбытын байытабыт

  Сырайан — тугу эмэ ититээри эбэтэр буһараары уок-
  ка чугаһат, суоһугар тут.
  Сүргэ — киһи санаатын эрэ, эрдийиитэ, эрдээх са-
  наата.
  Нөрүтэр — төҥкөччү туттар, төбөтүн төҥкөтөн умса
  соҕус туттар.
  Үгэргиир — күлэн, элэктээн этэр.
  Оноҕос — сэриигэ, кыргыһыыга, булка туттуллар
  тимир эбэтэр муос төбөлөөх ох.

                                                                                          59
   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64