Page 61 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 61

дутун буһарбыт. Мунду эрэ буспутун көрөн, ыалдьыт
маа±ыҥҥы кистэлэҥ кэпсэтии ис хоһоонун сэрэйбит. Ол
сэрэйэн, кэлэйэн, аһаабакка тахсан барбыт. Оҕонньордоох
эмээхсин мундуларын, соболорун бэйэлэрэ сиэбиттэр.
Онтон ыла оҕонньор бултуур булда төннүбүт, кэччэгэй
быһыыларыттан олохторо кэхтибит үһү.

  Тылбытын байытабыт

  Балай да — син өр.
  Хоспох — ол-бу малы, аһы-үөлү уурарга аналлаах
  кыра тутуу.

         Олоххо маннык баара буолуо дуо? Кэпсэти´и².

                    Айар µлэ умсул±ана

                           «Дорообо, остуоруйа!»
                                 (Куукула театра)

        Сөбүлүүр остуоруйаҕын санаа. Хас дьоруойдааҕын
   быһаар. Остуоруйа дьоруойдарын көстүүмнэрин учуу-
   талгын кытта быһаарсан баран, пааранан эбэтэр бө-
   лөҕүнэн бырайыактаа². Бырайыакка үлэлииргэр айар
   бырайыагы толоруу ыйынньыгын уонна «Технология»
   уруогун ньымаларын туттаргын, туһанаргын уонна бы-
   раабылаларын умнума. Тигэргэр дьоҥҥуттан сүбэлэт.
   Оҕо саадыгар куукула театрын бэлэхтииргэ үчүгэйдик
   былааннаан тэрин, үлэлээ.

                                                                                          61
   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66