Page 58 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 58

түөрт атахтааххын, икки кулгаахтааххын, тииһиҥ баһаам.
      Эбиитин бэртээхэй кутуруктааххын. Өссө өйүҥ сүүс. Көр
      эрэ, булчут кэллэ. Хайыыбыт?

            — Мин сүүс өйбүнэн сүүс куотар ньыманы тобулар
      инибин. Оттон эн биир өйгүнэн дьэ тугу гынаахтыы-
      гын?

            Саһыл инньэ диэт, барсук уйатыгар сылыпыс гынар.
            «Сүүс өйдөөҕү батыһыах» дии санаат, туруйа эмиэ
      барсук уйатыгар кыбыллар.
            Булчут чугаһыыр. Чугаһаабыта — барсук уйатыттан
      туруйа атаҕа быга сытар. Булчут урут манныкка түбэһэ
      илигэ. Онон соһуйар. Туруйаны атаҕыттан соһор. Ту-
      руйа муҥнаах кутталыттан кыната, хараҕа өлүктүйэ
      быһыытыйар. Сүрэҕэ айаҕынан тахса сыһар.
            «Бу барахсан туохтаан сии сылдьан кыбыллыбыта
58
   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63