Page 60 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 60

Толкуйдаа. Тобул

                Көтөр — өҥүнэн, киһи — өйүнэн.

                «Араас омук остуоруйата» быыстапканы көр. Ханнык
                омук остуоруйатын билсибиккин «Ааҕааччы тэтэрээти-
                гэр» бэлиэтэн.

                    КЭЧЧЭГЭЙ БАЛЫКСЫТ

                                     (Саха остуоруйата)

                1. Остуоруйаны хоһоонноохтук аах.
                2. Айымньы дьоруойдарын быһааран, оруолларынан

                    үллэстиҥ.
                3. Хайдах ааттыахха сөбүй? Быһаар.

            Былыр оҕонньордоох эмээхсин бааллара эбитэ үһү.
      Оҕонньор тууһут идэлээх эбит. Биир киэһэ оҕонньор, туу-
      тун көрөн, балай эрэ элбэх балыгы аҕалбыт. Оҕонньор
      бултаан аҕалбыт булдун эмээхсин булкуйа олордоҕуна,
      биир мааны ыалдьыт көтөн түспүт. Бэрт ыраахтан иһэр
      киһи эбит.

            Балай да өр* кэпсэппэхтээн баран, оҕонньор эмээх-
      синигэр билэр киһи билэр, билбэт киһи өйдөөбөт тыл-
      ларынан бу курдук эппит: «Мундууруйа солууруйа бу-
      һаарыйа, собооруйа хоспооруйа кистээрийэ».

            Ону ыалдьыттара бастаан өйдөөбөтөх, ол икки арды-
      гар оҕонньор кэпсээнинэн аралдьытан кэбиспит.

            Эмээхсин соботун талан хоспоххо*, таһаарар, мун-
60
   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65