Page 62 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 62
СИТИ¤ИИБИТИН СЫАНАЛАНАБЫТ,
БИЛИИБИТИН БЭРЭБИЭРКЭЛЭНЭБИТ
1. Хайа омук ханнык остуоруйаларын аахтыҥ, ханны-
гы ордук сөбүлээтиҥ? Тоҕо?
2. Остуоруйалар уратылара тугуй? Остуоруйа биирдии
арааһын холобурдаа (олох-дьаһах, хамсыыр харамай,
аптаах-алыптаах).
3. Бу ханнык остуоруйа дьоруойдара этилэрий?
а) Холорук, Уолчаан, Кэрэ кыыс, эмээхситтэр,
ыраахтааҕы.
б) Икки уол, дьадаҥы, ыраахтааҕы, кыыс, абаа-
һылар.
4. Бу туһунан ханнык остуоруйаҕа этиллэрий?
«… Уолчаан балаҕаҥҥа көтөн түспүтэ, ороҥҥо эмээх-
син олорор үһү».
«Оҕолоро күлсэ-күлсэ таһырдьа сырсан тахсыбыт-
тар».
«… Ыксаан, туох күүһэ баарынан, иннин хоту
дьүккүйэ сатаан кэбиспит да, эрбэһиннэрин быыһыгар
иилистэн, күүһэ-уоҕа өһүллэн хаалбыт».
5. «Үс кыһыл көмүс статуэтка» диэн Индия, «Уустук
µллэрии» диэн саха остуоруйаларын электроннай
µ³рэх кинигэтиттэн булан аах.
6. «Ыалынан ааҕыы» кинигэҕиттэн Михаил Заболоц-
кай «Ымыы уонна чооруос» остуоруйатын аах уонна
дьоҥҥун кытта сэһэргэс.
62