Page 54 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 54
аҥаарын биэриэх буолар. Араас эмчиттэр, отоһуттар бө-
ҕө эмтии сатаатылар да, кыайбатылар.
Итини истээт, уол дыбарыаска киирэн ыраахтааҕыга
этэр:
— Мин кыыскытын эмтээн үтүөрдүөм этэ.
Ыраахтааҕы уолу кыыс сытар сиригэр киллэрэр.
Уол «бары тахсыҥ» диэн көрдөһөр уонна карнай-
га оонньуур. Кыыһы харабыллыыр көстүбэт абааһылар
куттанан, сырсан хаалаллар да, кыыс үтүөрэн, күлэр-
оонньуур буола түһэр.
Ыраахтааҕы үөрэн, уолу ыҥыран ылар, баайын аҥаа-
рын биэрэ сатыыр да, уол ылбат. Ол оннугар ырыа,
музыка диэни истибэтэх куорат дьонугар карнайга оон-
ньуум диэн көрдөһөр.
Ыраахтааҕы кыыһа үтүөрбүт диэн сурах бэрт сото-
ру сири-дойдуну тилийэ көтөр. Кыыһы кэргэн кэпсэтэ
ыраахтан-чугастан баайдар уолаттара кэл да кэл буол-
буттар. Оттон кыыстара карнайдаах уолу таптаан, ол
дьоҥҥо аккаастаан испит.
— Сэгэриэм, — диэбит ыраахтааҕы кыыһыгар, — мин
кырыйдым, солбуйар уол оҕом суох. Троммун тутар,
эйиэхэ холоонноох кэргэн буолар эдэр киһи аатын эт.
— Аҕаа, — диэбит кыыһа, — мин бэйэм талан ылыах-
пын, бас билэр сириҥ-уотуҥ эдэр дьоно бары дыбарыас
иннинэн ааһарын курдук бирикээстээ…
Ыраахтааҕы сөбүлэспит. Кини эппитинэн, дыбарыас
таһынан үтүөлэр бөҕө ааспыттар да, кыыс биир да киһи-
ни талан ылбатах.
— Өссө ким хаалла? — диэн ыраахтааҕы ыйыппыт.
— Карнайга оонньуур дьадаҥы уолтан ураты бары
аастылар, — диэбит харабыл.
54