Page 47 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 47
астыммыта олус, биир кэм күлэ-үөрэ, сүүрэ-көтө өрүтэ
тэйиэккэлии сылдьар. Оттон арыылаах чабычах өссө
ордук боччумурбут, соччо уолуһуйбакка, дуоспуруннаах*
баҕайытык туттан, биэтэккэ аа-дьуо төкүнүйэн кэлэн, ту-
рунан кэбиспит.
Көрөөччүлэр бу дьикти күрэхтэһиини бэркэ сэргэҕэ-
лээбиттэр. Сакалааттаһан, илии тутуһааччы элбээбит.
Дьон үксэ кураанах чабычахха уксубут. Сырсааччылар
биэтэккэ турууларын саҕана сорох сыанаһыттар арыы-
лаах чабычах кыайыа диэн сылыктаабыттар*.
Сотору сүүрүү саҕаланар. Арыылаах чабычах сир
ылартан булгуччу аккаастанан, иккиэн биир биэтэктэн
кэккэлэһэ туран түспүттэр. Кураанах чабычах хара ааныт-
тан табаарыһын иннигэр түһэн баран тыал хоту өрүтэ
тэйиэккэлии, бэрт чэпчэкитик ойуоккалыы испит, ол кэннэ
ырааттар ыраатан, аттар атан барбыт. Арыылааҕа кини
47