Page 43 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 43
Оттон төрдүстэрэ адьас да саҥарбат.
Ийэлэрэ этэ сатыыр: «Үрэх чугас эбээт, киһи таҥаһа
да суох уу аҕалыан сөп. Тамаҕым хатта. Уу иһиэхпин
баҕарабын».
Оҕолоро күлсэ-күлсэ таһырдьа сырсан тахсыбыттар.
Өр баҕайы оонньообуттар, ийэлэригэр киирэ да сыл-
дьыбатахтар.
Онтон улахан уол аһыан баҕарбыт, чууму өҥөйөн көр-
бүт. Көрбүтэ, ийэтэ чуум ортотугар турар эбит, арба-
ҕаһын* кэтэ сатыыр. Эмискэ арбаҕаһа түүнэн бүрүллэн
барбыт. Тирии имитэр хаптаһыны ылбыта, кутурук буо-
лан хаалбыт. Сүүтүгэ тимир тумус буола охсубут. Илии-
тин оннугар кынат үүнэн тахсыбыт.
Ийэлэрэ кэҕэ көтөр буолбут да, чуумтан көтөн тах-
сыбыт.
Онно улахан уола хаһыытыыр:
— Бырааттарыам, көрүҥ-көрүҥ! Ийэбит кынаттаах
кыырт* буолан көттө!
Бырааттара сырсан кэлэн, ийэлэрин батыһа-батыһа
хаһыытыыллар:
— Ийээ, ийээ, биһиги уу аҕаллыбыт ээ!
Ийэлэрэ хардарар:
— Кук-куук! Кук-куук! Хойутаабыккыт, хойутаабыккыт!
Иннибэр күөл бөҕө көстөр. Дэлэй ууга көттүм, көттүм!
Оҕолор хомуостаах ууну тута сылдьан ийэлэрин
ыҥыра-ыҥыра сырсаллар. Кыра уол хаһыытыыр:
— Ийээ, ийээ! Дьиэҕэр төнүн, мэ, бу ууну ис.
Ийэлэрэ ыраахтан хардарар:
— Кук-куук! Кук-куук! Хойутаабыккын, уолчааныам!
Аны төннүбэппин.
Оҕолор хас да күннээх түүн ийэлэрин сырса сатаа-
43