Page 38 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 38

ТУЛААЙАХ УОЛ

                                     (Саха остуоруйата)

                1. Бастаан искэр ааҕан, остуоруйаны оруолунан ааҕарга
                    бэлэмнэн.

                2. Остуоруйа сүрүн санаата тугуй?

                3. «Таптаабытынан дэллэритэн», «ыйбытын хоту»,
                    «көрүөх бэтэрээ өттүгэр» диэн тугу этэллэрий?

                4. Бу айымньыга тугу сөбүлээтиҥ, тугу сирдиҥ? Тоҕо?

            Былыыр-былыр Тулаайах уол олорбут. Биирдэ бул-
      туу сылдьан кини холорукка түбэспит. Күүстээх Холорук
      кинини эрийэн ылан таптаабытынан дэллэритэн* илдьэ
      барбыт.

            Төһө өр ол модун холорукка үүрдэрэн хаампытын уол
      билбэтэх, биирдэ өйдөөбүтэ арай балаҕан аттыгар турар
      эбит. Уолчаан балаҕаҥҥа көтөн түспүтэ, ороҥҥо эмээх-
      син олорор үһү.

            — Эйигин мин уолум аҕалла дуо? — диэбит кини.
      Оҕо быһаарбатах, онон туох да диэн булбакка турдаҕы-
      на, таһырдьаттан биир эр бэрдэ көтөн түспµт.

            — Хайа, бу уолу мин төһө түргэнник аҕаллым? —
      диэбит.

            — Олус түргэнник, — хоруйдаабыт эмээхсин. — Чэ,
      кэл, аһаа, уолгун эмиэ остуолга ыҥыр.

            Сити курдук Тулаайах уол бу эмээхсини уонна кини
      уолун Холоругу кытта олорор буолбут. Ый ааспыт, сыл,
      онтон үс сыл. Дьиэлээхтэр хас да ампаардаахтар эбит.
      Олор күлүүстэрин, биир ампаар күлүүһүттэн ураты, Ту-
      лаайах уол тутар эбит.
38
   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43