Page 42 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 42
КЭ¡Э
(Эбэҥки остуоруйата)
1. Остуоруйаны искэр оруолунан ааҕарга бэлэмнэн.
2. Оҕолор ийэлэригэр сыһыаннарын көрдөрөр тыллары
булан аах. Хайдах оҕолор эбиттэрий?
3. Ийэ тылын аах. Санааҕын эт.
4. Остуоруйаны икки чааска араар. Онно туох кэпсэ-
нэрий?
5. Тиэкиһи оруолунан үллэстэн кэпсээҥ.
Сир үрдүгэр биир дьадаҥы дьахтар олорбут. Түөрт
оҕолоох эбит.
Оҕолоро тугу да туһалаабаттар, сарсыардаттан киэ-
һээҥҥэ диэри хаарга буккуллан тахсаллар. Тыс этэр-
бэстэригэр толору хаар симиллэр, ону ийэлэрэ ыраас-
тыыр. Таҥастара ибили сытыйар, ону ийэлэрэ куурдар.
Сайын ийэлэрэ үрэххэ киирэн балыктыыр, оҕолоро кэлэн
көмөлөспөттөр.
Киһи тылын истибэт маннык оҕолору көрөр-харайар
ыарахан эбит.
Итинник олорон ийэлэрэ ыалдьан хаалбыт. Чуумҥа
сытан оҕолорун ыҥыра сатыыр, көрдөһөр, ааттаһар:
— Тоҕойдоруом, уута аҕалыҥ эрэ. Күөмэйим куурда.
Уута аҕалыҥ даа!
Биирдэ эрэ буолбакка, бэрт элбэхтик этэ сатаабыт.
Ким да уу баһа барбатах.
Улахан оҕото этэр: «Этэрбэһим суох».
Орто оҕото этэр: «Бэргэһэм суох».
Үһүс оҕо этэр: «Таҥаһым суох».
42