Page 46 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 46

лаппа түргэн сырыылаах инибин. Көр, алаас күөлүгэр
      эн саҥа сыһыллаҥнаан тиийиигэр, мин күөлү үстэ эрги-
      йиэм.

            — Баҕар, буолуо даҕаны.
            — Саарбахтыыгын дуу, — кураанах чабычах дьукааҕын
      быһа түһэн. — Эйигин баҕас сир ортотугар быраҕарым
      чахчы. Таах кураанах тылбытынан ыаһахтаһа сытыахтаа-
      ҕар, алааспытыгар киирэн сырсыах.
            — Ол мин эйигин кыайыам дуо? Эн аан дойдуну
      хаста да эргийэр кыахтааххын, мин алааһым сыырын да
      таҥнары түһэрим саарбах, — арыылаах чабычах чахчы
      дьулайбыт быһыынан хардарар.
            — Бу тылын даҕаны! Куттаныах сириҥ баппатаҕын.
      Хата, наадата суохха кэтэмэҕэйдии* сытыма. Өссө диэ-
      тэххинэ, мин эйиэхэ саһаан биэрэбин. Ол үрдүнэн эйи-
      гин син биир кыайабын.
            — Чэ, буоллун даҕаны. Таах сытыахтааҕар сырсан
      да көрүөх. Эн миигин хайдах курдук чаҕылхайдык сир
      ортотугар быраҕаргын бары көрөн астынныннар.
            Ол күн кураанах чабычах: «Сарсын оруобуна күн ортото
      буолуута, Кураанах уонна Арыылаах чабычах сырсыылара
      буолар. Күндү доҕоттор, бу дьикти күрэхтэһиини көрөргө
      тиэтэйиҥ!» — диэн быһый атах куобаҕынан алаастарын
      тула өттүгэр бүтүннүүтүгэр биллэрии бөҕөнү ыйаппыт.
            Сарсыҥҥы күнүгэр чабычахтар сырсыыларын көрөөрү
      алаас тулатынааҕы хамсыыр харамай барыта мустубут.
      Сыыр быарыгар биир кэм туртаҥнаһыы, кылбаҥнаһыы
      бөҕө буолбут.
            Болдьоспут кэмнэригэр чабычахтар биэтэктэригэр*
      тиийэн кэлбиттэр. Кураанах чабычах кыайыыны эрдэт-
      тэн бэйэтигэр сурунан кэбиспит быһыылаах, дуоһуйбута,
46
   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51