Page 48 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 48
кэнниттэн бэрт бытааннык түспүт, ол эрээри биэтэктэн
тэйдэҕин аайы сүүрэн иһэр тэтимэ эбилиннэр эбиллэн,
улам-улам эрчимирэн, сүүрэрэ түргэтээн испит.
Арай ол иһэн кураанах чабычах сыыр анныгар киирэн
былырыыҥҥы кур эрбэһиннэр быыстарыгар сөрүөстэн
хаалбыт. Ыксаан, туох күүһэ баарынан, иннин хоту дьүк-
күйэ сатаан кэбиспит да, эрбэһиннэрин быыһыгар иилис-
тэн, күүһэ-уоҕа өһүллэн хаалбыт. Оттон арыылаах чабы-
чах эрбэһиннэргэ тиийэн кэллэ да, тоҕута солоон, бука-
тын даҕаны таһаҕас оҥостубакка, табаарыһын аттынан
ааһа турбут.
Тиһэҕэр, арыылаах чабычах биэтэккэ соҕотоҕун тии-
йэн кэлбит. Көрөөччүлэр «Тыаһа-ууһа, айдаана-куйдаана
суох айанныаҥ — ыраах барыаҥ, тыаһаан-ууһаан, ай-
дааран-куйдааран айанныаҥ да, сир өтүөҥ суоҕа» диэн
этэллэрин илэ көрөн итэҕэйбиттэр.
Тылбытын байытабыт
Көлөттүгэс — улахан буолан көнтөрүк, көһүүн; тут-
тара сылбырҕата суох.
Көһүүн — сымсата суох, көнтөрүк, бытааннык
хамсыыр-имсиир.
Суустуур — ньиэрбэтигэр оонньуур.
Кэтэмэҕэйдиир — киһи тылыгар кииригэһэ, саҥаны,
үчүгэйи ылыныгаһа суох.
Биэтэк — сырсан күрэхтэһиигэ куоталаһар сир
бүтүүтэ.
48