Page 31 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 31
Ийэтэ быһайын оройуонтан уонча чэй суутун кэһии
гынан аҕалбыта. Оо, улахан үөрүү этэ! Чэй суута барах-
сан сыта дыргыйан үчүгэйэ бэрдэ!
Чэй суута. Чэй суута хачыгырас тыастааҕа, тугу бары-
тын курдаттыы көрдөрөр дьикти «аптааҕа». Моотоҕо мэ-
тириэт баара, ону кини чэй суутугар элбэхтик түһэрбитэ.
Кини билигин хараҕын быһа симэн олорон уруһуйдуур
кыахтаах. Ол курдук чэй суута Моотону уруһуйдьут гынан
турардаах.
Тылбытын байытабыт
Кырыымчык — дэлэйэ суох, кэмчи; тиийиммэт-
түгэммэт.
31