Page 30 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 30
Сэрии кэннинээҕи кэмҥэ оскуолаҕа үөрэммиттэр
кумааҕыны олус да күндүтүк саныыллара. Оччотооҕу
оҕолорго туох барыта кырыымчык* этэ.
Моото уончалаах уол. Кини кыайар үлэтигэр туһа ки-
һитэ.
Күһүнү быһа кыһаллан-мүһэллэн отоннообут отонун
туттаран, ол харчытыгар ийэтэ маҕаһыынтан хара түрүкүө
таҥаһы атыылаһан аҕалла.
— Оҕобор оскуолаҕа киирэригэр, куппаайка уонна
ыстаан тигиэм. Тоойуом, Моотоо, ойуута суох маҥан
таҥаһы бүтэрбиттэр. Онон оҕобор бу тэһитэ ойуулааҕы
аҕаллым, хата, кири уйумтуо буолуо, — диэтэ ийэтэ уон-
на уолун имэрийэн баран, сыллаан ылла.
Моото үөрүүтэ улахан. Ол эрээри кини биир мун-
чаарардаах. Кыыска дылы ити ойуулаах ырбаахыны кэ-
тиэх муҥа буоллаҕа дуу? Ити санаатын ийэтигэр хас-
та да этээри гына-гына тохтоото. Ийэбин кыыһырдан
кэбиһэммин, аны оскуолаҕа киирэр таҥаспын тигиэ суоҕа
диэн куттана санаата. Учуутал уола төһө эрэ күлүү гы-
нан сордуур дии санаан баран, дириҥник үөһэ тыынан
кэбистэ.
Уол балаҕанын үрдүгэр ойон тахсан, оһох ураатыт-
тан* курунньугу* кыһыйан ылла. Онтун кыракый эмп бы-
тыылкатыгар кутан уулаан, чэрэниилэ оҥоһунна.
Кини хантан эрэ булбут кинигэтигэр элиэ куорсуна
уруучукатынан суруйар. Моотоҕо өссө боростуой харан-
даас тоһоҕоһо* баар.
Моото оскуола аһылларын олус күүтэр. Күүппүт са-
наатыгар, дьыл-хонук кутуйах хаамыытынан сыҕарыйара.
«Оо, оскуолаҕа киирбит киһи, төһө эрэ үчүгэй буолар
этэ» диэн биир ыра санаалаах.
30