Page 35 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 35
Дьоно аһаан бараллар.
Кутурукчаан ойон турар,
Остуол үөһэ ыстанар,
Кытыйаны* кырыытынан
Кыйа үктээн үҥкүүлээн,
Сэгэйбэхтээн ахан иһэн,
Сэрэммэккэ алҕас үктээн,
Түһэр мииҥҥэ төбөтүнэн...
Хата, кини дьолугар,
Көрө охсон аҕата
Хамыйаҕын* тоһуйар,
Хап-сабар тутан ылар.
Өлөр-сүтэр кутталыттан
Өй-мэй буолбут уолчаан
Кэмсиммитин бэлиэтин
Кэпсээбитэ маннык диэн:
35