Page 36 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 36

«Киһиргээммин, көр маны,
                                 Кирсим быста сыстаҕын.
                                 Бүгүҥҥүттэн ыла аны
                                 Киһиргэспин быраҕабын.
                                 Эрдээх-хорсун мин буолуом,
                                 Эйэҕэс-сэмэй мин буолуом!»
                                 Кутурукчаан, кырачаан
                                 Куобах Кутуруга уолчаан
                                 Эппит тылын толорбут,
                                 Эйэҕэс, сэмэй оҕо буолбут.

       Тылбытын байытабыт

         Холумтан — саха оһоҕун иннигэр уот отторго, ас
         буһарарга анаан буорунан симэн оҥорор үрдэтии.
         Кытыйа — мас миискэ.
         Хамыйах — мас ньуоска.

                        Толкуйдаа. Тобул

             Киһиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай.

36
   31   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41