Page 39 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 39
— Чэ, кэлиҥ, этиҥ эрэ! — кыргыттар биирдии-
биирдии баран, Куонаан кулгааҕар сибигинэйэн биэр-
дилэр.
— Сөп, маладьыастар! — диэтэ Куонаан.
— Мин этиим эрэ? Бука, сыыстым дуу, хайа үөдэн
дуу, — дии-дии Бааска эмиэ баран этэр.
— Суох, сыыһа. Саҥаттан таһаар! — диэн Куонаан
быһаарда.
— Мин таһаардым, — диэн баран, Бүөккэ туран, Куо-
наан кулгааҕар аргыый эттэ.
— Сөп. Маладьыас! — диэн Куонаан эмиэ хайҕаата.
— Куонаан, этиэм дуо? Быһыыта, таһаардым, — диэтэ
Хабыычча.
— Дьэ-э эрэ! Эт-эт!
Хабыычча баран эттэ.
— Сыыһа... Оччоҕо эн этиигинэн сүүс биэс хаас, хаас
аҥаара буолар дии, доҕоор!
— Хайдах хаас аҥаара баар буолуой! — дэһэ-дэһэ
оҕолор бары күлүстүлэр. Онтон Куонаан эттэ:
— Оҕолоор, Бааска, Хабыычча буолан садааччаларын
кыайан таһаарбатылар. Онон мин кинилэргэ «мөлтөх» сыа-
наны биэрэбин. Билигин Биэрэ кэпсээн биэрдин, төһө хаас
түөлбэҕэ түһэн олорор эбитий, — диэтэ Куонаан.
— Отут алта хаас түһэн олорор эбит. Ол аҥаара
уон аҕыс хаас, ол чиэппэрэ тоҕус хаас уонна үөһээ²ҥи
биир хаас. Холобур маннык: 36:2=18; 18:2=9; 36+36=72;
72+18=90; 90+9=99; 99+1=100, — дии-дии Биэрэ сиэ-
биттэн кумааҕы, харандаас ылан, сыыппаранан суруйан
көрдөрдө. Бааскалаах Хабыычча тарбахтарын саратан,
ааҕан көрө-көрө:
39